Новости / ПРОФСОЮЗ — ҮЛЭҺИТТЭР ИНТЭРИЭСТЭРИН ТУРУУЛАҺАР

Бу сылга Нам улууһугар О-ДьКХ-та тэриллибитэ 60 сылын бэлиэтиибит.      Оччолортон баччааҥҥа диэри коллективка профсоюз комитеттара ситиһиилээхтик үлэлээн кэлбиттэрэ, председателлэринэн Е.Е. Трунина, В.И. Охлопкова, Ш.А. Белоусов быыбарданан үлэлээн ааспыттара.

2002 сыл муус устар ыйыгар, О-ДьКХ директора Андрей Кобяков этии киллэрэн, О-ДьКХ үлэһиттэрин уопсай мунньаҕар профком председателинэн талыллыбытым. 19-с сылбын коллектив итэҕэлин ылан үлэлии сылдьабын. Бу сыллар устата элбэх үлэ  ыытыллынна. Профком чилиэннэринэн урукку созывтарга А.С. Ядрихинская, А.Н. Липенко, А.К. Алексеев, В.С. Алексеев, П.С. Кулаковская, С.С. Попова, М.С. Заболоцкий, Н.П. Корнилова, В.И. Охлопков таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Билиҥҥи састаапка В.С. Зелихов, Н.Д. Ядрихинская, Е.Э. Дьяконова, А.А. Иванов, О.В. Гоголева уонна А.С. Протопопова бааллар. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан үлэһиттэрбит ахсаана 420 киһи. Онтон эр киһитэ — 330, дьахтара — 90, 35 сааһыгар дылы — 43 үлэhиттээхпит.

Быыбарынан талыллан баран бастатан туран, коллективнай дуогабары оҥорсорго үлэлэспитим. Уопсай балаһыанньа, хамнас төлөбүрэ коллективнай дуогабар иһинэн  ылыныллыбыта. Түүҥҥү өттүгэр, бырааһынньык күннэригэр, өрөбүллэргэ үлэлээтэхтэринэ хамнас аахсыыта икки бүк үрдүк төлөнүллэр. Тэрилтэ профсоюһу кытта Сөбүлэҥинэн хамнаска индексация ыытар. Быйыл былаан быһыытынан үлэһиттэр  хамнастара үрдээтэ. Үлэһиккэ, кини 2 оҕотугар икки сылга биирдэ уоппускатыгар сынньана барарыгар проезтара уонна 30 киилэлээх багааһа төлөнөр. Биһиги үлэһиттэрбит итини туһаналлар. Маннык төлөбүр 23 саастарыгар диэри студент оҕолоохторго эмиэ баар. Олоххо араас түбэлтэ буолар. Коллективнай дуогабарынан араас ыарахан түбэлтэҕэ (баһаарга), ыарахан ыарыыга ылларан операцияҕа барар буоллахтарына биир кэмнээх көмө оҥоһуллар. Маны таһынан үлэһиттэрбитигэр 50, 55 саастарын туолбуттарга биир кэмнээх көмө көрүллэр. «О ветеранах АО «НКТЭ» диэн тэрилтэҕэ анал балаһыанньа  оноһуллубута. 20 сыл  эҥкилэ суох, үтүө суобастаахтык тэрилтэҕэ үлэлээбиккэ — «Ветеран АО «НКТЭ» бочуоттаах аат иҥэриллэр уонна үлэлиир ветераннарга 3 күн төлөбүрдээх уоппуска бэриллэр. Онтон бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыт ветераннарбыт араас таһымнаах тэрээһиммитигэр ыҥырыылаах ыалдьыт буолаллар. Эдэрдэрбит “Тимуровскай көмө” оҥороллор. Үрдүк производственнай көрдүрүүлэрин иһин тэрилтэ администрацията уонна профком сүбэлэһиилэринэн үлэһит махтал суругунан, грамотанан уонна харчынан бэриэмийэлэнэн биһирэнэллэр.

Биир сүрүн пуунунан үлэ харыстабылыгар системалаах уонна былааннаах үлэ барара буолар. Бу хайысханан үлэ харыстабылын отделын начальнига Павел Петров сатабыллаахтык тэрийэн үлэлиир. Анал спецтаҥаһынан, инвентарынан хааччыллыы барар, ирдэбилгэ эппиэттиир үлэ усулуобуйата тэриллэр. Үлэһиттэри үүтүнэн хааччыйыыга бу сылларга былааннаах үлэ барда.

Былаан быһыытынан үлэһиттэр идэлэрин үрдэтэргэ сылын ахсын анал үөрэххэ ыытабыт. Кинилэр тэрилтэ кэскилэ, инникитэ, эрэлэ буолалларын өйдүүбүт. Сылын аайы үлэhиттэрбит оҕолоругар саҥа дьыллааҕы подароктары оҥоробут, утренник ыытабыт. Оҕолору кытта үлэни Н.Д. Ядрихинская, Е.Э. Дьяконова, П.С. Кулаковская уо.д.а. атыттар  ыыталлар.

Былаан быһыытынан культурнай-маассабай, спортивнай тэрээһиннэр ыытыллаллар, бэлиэ дааталар бэлиэтэнэллэр, ман барытын профком чилиэннэрэ кыһамньыылаахтык тэрийэллэр. Таһаарылаах үлэ кэнниттэн үчүгэйдик, толору сынньаннаххына үлэ өссө таһаарыылаах буолар. Бу хайысхаҕа производственнай учаастактарбыт үчүгэйдик үлэлэһэллэр, бастыҥ тарбахха баттанар спортсменнардаахпыт. Нам селотун спартакиадатыгар хаһыс да сылын көхтөөхтүк кыттабыт, бириистээх миэстэлэргэ сылдьабыт. Сылын аайы муус аннынан балыктааһыҥҥа күрэхтэһии ыытабыт. Производственнай учаастактар олус көхтөөхтүк кытталлар. Тэрилтэбитигэр элбэх киһини хабар тэрээһиммитинэн үгэскэ кубулуйбут ыһыахпыт буолар. Убаастыыр, бииргэ үлэлээбит коллегаларбыт ааттарын үйэтитэн Афанасий Алексеев бирииһигэр хапсаҕайга, Николай Дьяконов бирииһигэр мас тардыһыытыгар күрэхтэһии тэрийэбит. Инникитин сүбэлэһэн баран, ыһыаҕы икки сылга биирдэ ыытарга диэн быһаарбыппыт.

Ыччаты кытта үлэни анал былаан оҥостон ситимнээх үлэ барар. Ыччат — кэскилбит буолар, тэрилтэ инники дьылҕата кинилэртэн тутулуктаах. «Я — министр» деловой, «Своя игра» интеллектуальнай оонньууга Артур Иванов уонна Николай Соловьев ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Спортивнай күрэхтэһиилэргэ, художественнай самодеятельность фестивалларыгар көхтөөх кыттыыны ылаллар.

Үлэһиттэр түмсүүлээх, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр, истиҥ сыһыаннаах буолалларын ситиһэбит. Үчүгэй үлэлээх производственнай учаастактар профсоюзтарын председателлэринэн И.П. Пинигин (1-Хомустаах), Д.И. Мальцева (Хатыҥ Арыы), Д.Н. Пермяков (Модут), С.Н. Игнатьев (автохозяйство), Д.Д. Никитин (2-Хомустаах), Г.Д. Лыткин (Бөтүҥ) буолаллар.

Билигин биһиги тэрилтэбит улууска кыайыылаах-хотуулаах, үлэһит, көхтөөх  дьонноох коллективынан биллэр. Үлэһиттэрбит нэһилиэк кыһалҕатын тэҥҥэ быһаарсалларын, куруук көмөлөөхтөрүн баһылыктар астына бэлиэтииллэр. Биллэн турар манна тэрилтэ салайааччылара А.Г. Кобяков (1998-2008сс.), Н.В. Игнатьев Васильевич (2008 сылтан бэттэх), кылаабынай инженердэр Н.А. Самсонов, билигин Е.А. Тихонов, кылаабынай бухгалтердар Л.Н. Румянцева, билигин Е.И. Николаева, экономистар Е.Т. Суханова, Я.Г. Эверстов тэрээһиҥҥэ кыттыыларынан, көмөлөрүнэн бары тэрээһиннэрбит, үлэбит үрдүк таһымҥа баралларын бэлиэтиэххэ наада.

Сылын аайы үгэс быһыытынан кыһыҥҥы спортивнай спартакиаданы ыытабыт. Манна 150 спортсмен кыттыыны ылар, 6 көрүҥҥэ күрэхтэһэллэр. Спартакиаданы ыытарга профком чилиэннэрэ эппиэтинэстээхтик сыhыаннаhан ыыталлар. Бу ыччакка, эдэр үлэһиттэргэ эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар, спордунан дьарыктаналларыгар олук буолар. Үлэһиттэрбит улуустааҕы, республикатааҕы тэрээһиннэргэ кытталларыгар көмөнү оҥоробут. Холобура, «Тыа сирин ыала», «Далбар хотун», Балаганскай Сергей бирииһигэр «Хаар айан», «Бадараан шоу», «Сахалыы таҥас» конкурсугар, «Саҥа ааттар» ырыа күрэҕэр көхтөөхтүк кытталлар. Маны таһынан, производственнай учаастактарбыт  бытовой хосторугар, үлэ быыһыгар киирэн сынньаналларыгар, усулуобуйа тэрийэбит.

Күүстээх үлэни кытта сынньалаҥ дьүөрэлэниэхтээх. Үлэһиттэрбит кыраныысса таһыгар сылын аайы сынньанан кэлэллэр. Итинник айаннар билиини-көрүүнү, атын омуктар, норуоттар хайдах олороллорун, историяларын билсэргэ көмөлөһөллөр, киһини сайыннараллар уонна олоххо, үлэҕэ көҕүлүүллэр. Сылын аайы группанан үлэһиттэрбитин санаторнай-курортнай эмтэниигэ ыытабыт.

Үлэһиттэрбит улуус, нэһилиэк үлэтиттэн туора турбаттар. Ол курдук, улуус мунньаҕын депутатынан быыбарданан И.В. Игнатьев, Е.А. Тихонов үлэлии сылдьаллар.  Производственнай учаастактарбыт маастардара, үлэһиттэрэ нэһилиэк депутаттарынан талыллан айымньылаахтык үлэлииллэр.

Таһаарыылаахтык үлэлииргэ усулуобуйаны тэрилтэ салайааччыта, производственнай учаастактар маастардара, профком комитета тэрийэллэр. Учаастактарга материальнай, моральнай көмөнү оҥоробут, котельнайдар үгүстэрэ нормативка эппиэттииллэр, бытовой хостоохтор. Бу хайысхаҕа куруутун салалта, үлэ харыстабыла, профком болҕомтобутун уурабыт.

Киһи соҕотох турар бэйэтинэн эрэ үчүгэй буолбат: дьон, коллектив өйөбүлүнэн үлэҕэ да, олоххо да ситиһиилэнэр. Мин бу коллективка 2002 сылтан үлэлии киирэн баран, үчүгэй дьону кытта алтыспыппынан, үлэлии да сылдьарбыттан үөрэбин. Андрей Григорьевич Кобяков күүстээх тэрээһиннээх, государственнай масштабтаах толкуйдаах салайааччы этэ. Билигин баар баазабыт олугун кини оҥорон хаалларбыта. Кинини солбуйбут салайааччыбыт Николай Васильевич Игнатьев, аныгы тылынан эттэххэ, саҥа сүүрээни, инновационнай ньымалары киллэрэн, үлэбит өссө үрдүк таһымҥа таҕыста, республикаҕа уопут быһыытынан тарҕанар.

Аҕа коллегаларым Платонов Анатолий Романович, Алексеев Афанасий Кириллович, Никонов Анатолий Саввич, Самсонов Николай Александрович, Пестряков Николай Николаевич, Степанова Татьяна Ильинична үлэлэригэр бэриниилээхтэрэ, дьоҥҥо үтүө сыһыаннара миэхэ куруук холобур буолар.

Акционернай общество буолбуппут 8 сыл буолла. Онон салалта, үлэһиттэр уонна профсоюз биир түмсүүлээх, бэйэ-бэйэҕэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһан, өйөһөн салгыы үлэлиэхпитин наада. Бу реформалар, уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр сайдарга, үүнэргэ, баазабыт хаҥыырыгар, үлэһиттэр олохторо өссө тупсарыгар үлэлиэхтээхпит. Үбүлүөйдээх сылынан эҕэрдэлиибин, доруобай буолуҥ, үлэҕэ ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу баҕарабын, ыччаттаргыт кэскиллээх буоллуннар!

Сергей КОКАРЕВ, “НКТЭ” АО профсоюзнай комитетын председателэ

Яндекс.Метрика